Тулаайах уонна тѳрѳппүт кѳрүүтэ истиитэ суох хаалбыт оҕолору дьиэ кэргэҥҥэ иитии Намтан саҕаламмыта

Завершился Месячник правовой помощи студентам из числа детей-сирот
30/11/2017
Смотрите телевизионную передачу «Будем вместе»
01/12/2017

Тулаайах уонна кѳрүүтэ истиитэ суох оҕолору дьиэ кэргэҥҥэ иитии, усыновление, опекунство, попечительство диэн курдук формалар норуокка былыр былыргаттан куруук бааллара. Ол гынан баран тулаайах оҕо үгүс ѳттѳ, оhуоба ыарыhах, инвалид, итэҕэстээх ѳттүлэрэ детдом иитиллээччитэ буолар дьылҕаланаллара. Ыhыллыы тоҕуллуу, уларыта тутуу, Сэбиэскэй государство эстиитин, кризис бириэмэлэригэр дьиэ кэргэн туруктаах буолуута олус сатарыйбыта. Үлэтэ суох буолуу, дьадайыы содулугар оҕустаран, бэйэлэрин айахтарын ииттэр, оҕолорун иитэр кыаҕа суох, үгүс иhэр аhыыр ыал элбээбитэ. Тѳрѳппүттээх эрээри «тѳрѳппүт кѳрүүтэ истиитэ суох хаалбыт оҕо» детдомнары толорбута. Оннооҕор үгүс оҕо бырадьаах, бомжа буолар усулуобуйалара үѳскээбитэ. Детдомтан иитиллэн тахсыбыт оҕолор ѳссѳ ыарахан дьылҕаламмыттара. Үлэтэ, дьиэтэ уота суох бомжа, наркоман, преступник буолар дьылҕаланыыллара элбээбитэ.

Маннык балаhыанньаҕа, 1987 сыллаахха ыарахан дьылҕаламмыт оҕолорго кѳмѳлѳhѳр сыаллаах, суруйааччы Альберт Анатольевич Лиханов салайааччылаах «В.И. Ленин аатынан Россиятатааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы Оҕо Фондата» тэриллибитэ. 1988 сыллаахтан А.А. Лиханов кѳҕүлээhининэн, оҕо дьиэ кэргэҥҥэ иитиллиэхтээх диэн санааннан салайтаран, «Дьиэ кэргэн тииптээх оҕо дьиэлэрэ» тэриллибиттэрэ. 1988 сыллаахха атырдьах ыйын 17 күнүгэр «О создании детских домов семейного типа» диэн ааттаах СССР Министрдарын Советын № 1022, маннык ис хоhоонноох уурааҕа тахсыбыта, — «Одобрительно отнестись к предложению Советского детского фонда имени В.И.Ленина о создании детских домов семейного типа для улучшения условий воспитания и обучения детей-сирот и детей, оставшихся без попечения родителей. Осуществить в 1988-1989 годах в различных регионах страны применение новых форм и методов семейного воспитания детей-сирот и детей, оставшихся без попечения родителей, а также отработку порядка финансирования, поощрения и материального обеспечения семей, воспитывающих таких детей»

1989 сыллаахха Россияҕа бастакылар ахсааннарыгар киирсэн уонна Саха Республикатыгар бастакыннан Нам улууhун Нам сэлиэнньэтин олохтоохторо Николай Николаевич уонна Клара Иннокентьевна Матвеевтар маннык оҕо дьиэтин тэриммиппит.

Матвеевтар дьиэ кэргэн сайабылыанньаларыгар олоҕуран Нам оройуонун норуот депутаттарын испокомун бэрэссэдээтэлэ Ларионов Егор Михайлович илии баттааhыннаах дьиэ кэргэн тииптээх Матвеевтар оҕо дьиэлэрин арыйар туhунан уураах тахсыбыта. Оччотооҕу РОНО сэбиэдиссэйэ Надежда Семеновна Сивцева илии баттааhыннаах бу туhунан бирикээс тахсыбыта.

Биhиги бастакы кураторбыт РОНО опека отделын специалиhа Лина Михайловна Полякова этэ. Туох да сокуон, норматив, опыт суох усулуобуйатыгар саҥа дьыалаҕа ылсан, докумуоннары бэрээдэктээhин, хааччыйыы, тулаайах оҕолору дьиэ кэргэҥҥэ олохтооhун боппуруостарыгар олус эппиэтинэстээхтик ылсан үлэлээбитэ.

Ити сылларга Россияҕа 311 итинник дьиэ кэргэн 2826 оҕону иитэ ылбыттара.

Маҥнайгы саҕалааччыларга ыарахана диэн, ити кэмнэргэ пока туох да сокуоннар, нормативтар оҥоhулла, ылынылла иликтэр этэ. Россияҕа суhаллык «бириэммэннэй балаhыанньа» диэн докумуон ылыллыбыта. Онон үлэлээн испиппит.

Биhиэхэ Саха сиригэр бу дьыаланы иилииргэ саҕалыырга Үѳрэх министерствотын спецобразование уонна оҕо быраабын кѳмүскүүр отделын начальнига, тулаайах оҕолору кытта алтыhыы психологиятын дириҥник билэр, детдомнары кытта ѳр үлэлэспит улахан опыттаах, мындыр ѳйдѳѳх, муударай киhи, Захарова Светлана Сергеевна ылсыбыта. Ити отдел главнай специалиhын Галина Афанасьевна Афанасьевалыын бастакы «Закон О приемной семье и семейном детском доме в республике Саха» диэн докумуону разработкалаан олоххо киллэртэрбиттэрэ. Светлана Сергеевна Галина Афанасьевналыын бу сокуон олоххо киирэрин туhугар элбэхтик сүүрбүттэрэ кѳппүттэрэ, үгүс сыраларын биэрбиттэрэ. Саха Республикатыгар бу саҕалааhын олоххо киирэрин киэҥник тарҕанарын иилээбиттэрэ саҕалаабыттара.

Шадрина Раиса Семеновналыын – эмиэ бу отдел специалиhа, биhиэхэ тулаайах оҕолору иитии, тэрээhин боппуруостарыгар методическай уонна практическай кѳмѳ элбэхтик оҥорбуттара. Республиканскай тэрээhиннэргэ уонна телевидениеҕа, бэчээккэ биhиги опыппытын тарҕатарга кѳмѳлѳспүттэрэ. Атын оҕо иитэр дьиэ кэргэттэр кинилэр кѳмѳлѳрүнэн араас улууска тэриллэн барбыттара.

Бастакы саҕалааччылар буоларбыт быhыытынан, тулаайах уонна тѳрѳппүт кѳрүүтэ истиитэ суох хаалбыт оҕону дьиэ кэргэҥҥэ иитии олоххо киириитигэр биhиги кэргэмминээн улахан оруоллаахпыт дии саныыбын. Атыттарга холобур буолбуппут. Бу хамсааhын государство сокуонунан ѳйѳбүллээх буоларын туhугар үлэлэспиппит. Бастакы сокуоннар олоххо киириилэригэр бэйэбит этиилэрбитин, санааларбытын этэн, суругунан киллэрсэн Российскай Оҕо Фондатын кытта бииргэ үлэлэспиппит. Мин бастакы оҕо волонтердарын форумнарын, конференцияларын кыттыылаахтара этим, ол иhин Саха республикатыгар, үѳрэх министерствотыгар сокуон таhааралларыгар элбэх материал, методическай пособиелары, бардаҕым кэллэҕим аайы аҕалан кѳмѳлѳспүтүм буолуо дии саныыбын. Дети Саха Азия да Фондаҕа ол методическай матырыйааллартан тиксибитэ.

«За участие в создании научно-практической разработки и Внедрение инновационной социальной технологии «Семейный детский дом» диэн РФ президениттэн мэтээл ылбытым.

1991 сыллаахха оччотооҕуга убаастанар, «Сахаада» хаhыакка «Тулаайахтары ким иитиэй» диэн бастакы саҕалааhыны ѳйүүргэ ыҥыран правительствоҕа уонна республика дьаhалтатыгар анаан ыҥырыы таhаарбытым. Бу ыҥырыыбын Республикабыт бастакы президена Михаил Ефимович Николаев бастакыннан ѳйѳѳбүтэ. Бэйэтин кабинетыгар ыҥыран, кэпсэтэн, проблеманы ѳйдѳѳн, бэйэтин кѳмѳлѳhѳѳччүлэрин кытта сүбэлэhэн, оччотооҕу, оҕо уонна дьиэ кэргэн комитетын бастакы салайааччытын Божедонова Анастасия Николаевнаны уонна Саха республикатын Верховнай Сэбиэтин дьиэ кэргэн уонна дьахталлар политикаларын отделларын бэрэссэдээтэлэ Поисеева Альбина Иннокентьевналыын тустаах дьаhаллары ылбыттара.

2005 сыллаахха Финляндияҕа Тампере куоракка буолбут оҕо волонтердарын международнай конференциятыгар Российскай Детскай Фондаттан соҕотох делегатынан талыллыбытым. Онно тиийэн РДФ оҕо иитиитигэр опытын сырдаппытым, бэйэм дьиэ кэргэним опытын кэпсээбитим. Лиханов кинигэлэрин, оҕо сурунаалларын уонна бэйэм оҕолорум оҥоhуктарын быыстапкатын оҥорбуппун араас дойдулар делегаттара олус сэргээбиттэрэ. Барытын атыылаhан ылбыттара.

2007 сылтан «диэ кэргэн тииптээх оҕо дьиэлэрин» уларытан, кѳннѳрү «тулаайах уонна тѳрѳппүт кѳрүүтэ суох оҕолору иитэр дьиэ кэргэн» диэн ааттаан уларыппыттара.

Нам улууhа куруук да буоларын курдук инники кэккэҕэ сылдьар. Ити кэмтэн Намҥа 12 итинник дьиэ кэргэттэр үѳскээтилэр.

2007 сыл муус устар 17 күнүгэр УОНО главнай специалиhын Баишева Февронья Гаврильевна кѳҕүлээhининэн, улуустааҕы тулаайах уонна тѳрѳппүт кѳрүүтэ истиитэ суох хаалбыт оҕолору иитэр дьиэ кэргэннэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ.

Түмсүү сыала соруга:

Оҕо уонна иитээччи тѳрѳппүт быраабын кѳмүскээhин

Уопсастыбаҕа тулаайах оҕону иитэр дьиэ кэргэн суолтатын, чиэhин үрдэтии.

Бэйэ бэйэҕэ кѳмѳлѳсүhүү,

Уоппут атастаhыы,

Саҥа тэриллэр иитээччи тѳрѳппүттэргэ ѳйѳбүл, кѳмѳ, сүбэ ама биэрии.

Туруорсар боппуруостары, проблемалары сүбэлэhэн, ырытыhан салалтаҕа тириэрдии, дьаhалтаны кытта ыкса сибээhинэн үлэлэhии.

Улуус үѳрэх уонна да атын тэрилтэлэрин кытта бииргэ үлэлэhии.

Атын улуустар, республика тѳрѳппүт кѳрүүтэ истиитэ суох хаалбыт оҕолору иитэр дьиэ кэргэннэрин түмсүүлэрин кытта сибээс олохтооhун

Чѳл олоҕу тутуhууну уонна дьиэ кэргэн сиэрин туомун тарҕатыы

Түмсүү салайааччытынан элбэх инициативалаах, сытыы хотуу, ѳр сылларга оҕо ииппит уоппуттаах Матрена Прокопьевна Сивцева талыллыбыта.

Биhиги ассоциациябыт бу сыллар тухары элбэх ѳрүттээх үлэни ыытан кэллэ. Ол курдук улуус, администрациятын дьиэ кэргэн, эдэр ыччат политикатын физическай культура уонна спорт салааларын, культура уонна духовнай сайдыы управлениетын, улуустааҕы библиотеканы, прокуратураны, үѳрэх тэрилтэлэрин, оскуолалары, улуус нэhилиэктэрин дьаhалталарын кытта ыкса үлэлэстибит.

Манны таhынан Саха Республикатын үѳрэх министерствотын, СР үлэ уонна социальнай кѳмүскэллээх буолуу министерствотын, поколениелар Фондаларын, СР оҕо быраабын кѳмүскүүр уполномоченнайын Анна Афанасьевна Соловьеваны, Дьокуускай куораттааҕы «Берегиня» оҕо реабилитационнай киинин кытта бииргэ үлэлэhии тэрээhиннэрэ күүскэ ыытыллыбыттара.

Манны таhынан биhиги киэн туттар, эрэнэр, «Дети Саха Азия Фондабыт» ѳйѳбүлүн суолтатын уhулуччу бэлиэтиир наада. Бу фонда Анастасия Николаевна Божедонова салайааччы эрдэҕиттэн, тулаайах оҕону дьиэ кэргэҥҥэ иитии хамсааhын саҕаланыытыттан, олоххо киирэригэр үгүс элбэх ѳҥѳлѳрүн ааҕан да сиппэккин. Ольга Михайловна Андросова үлэлиэҕиттэн, биhиги туспутугар дууhатыгар чугастык ылынан кыhаллар, тиhигин быспакка сибээс тутар, араас ыарахан боппуруостары быhаарсарбытыгар сүбэ ама буолар,кѳмѳлѳhѳр. Фонда биhиги тѳрѳппүттэрбитин, оҕолорбутун араас тэрээhиннэригэр, конкурстарыгар кытыннарар. Стипендиялары аныыр. «Ангел в ладошке» сурунаал, үгүстүк тулаайах оҕолору иитэр дьиэ кэргэттэр үлэлэрин сырдаппыта.

Улууска түмсүү тэриллибитэ олус кѳдьүүстээҕин кѳрдѳрдѳ. Ассоциациябытынан 12 дьиэ кэргэн түмсэн араас тэрээhин бѳҕѳтүн ыытабыт. Уоппут атастаhыы араас семинардар, курстар, бэчээт органнарын, телевидение нѳҥүѳ, даже ватсабынан күннэтэ бара турар. Ыhыах, утренниктар, спартакиадалар, араас таhымнаах конкурстарга кыттыы, быыстапкалар ыытыллыылара, атын улуустары кытта сибээстэhии традиция курдук буолла.

Сыл аайы сайыҥҥы бириэмэҕэ оҕо дьарыктах буолуутун хааччыйар, үлэ-сынньалаҥ семейнай биригээдэлэрэ үлэлээн кэллилэр. Маннык биригээдэлэри биhиги улуус, республика киэн туттар, куруук инники күѳҥҥэ сылдьар дьиэ кэргэттэрэ Матвеевтар, Жирковтар, Сивцевтар, Филипповтар, Зыряновтар тэрийэн үлэлэппиттэрэ.

2017 сыл сэтинньи 17 күнүгэр Нам улууhун, тулаайах уонна кѳрүүтэ истиитэ суох оҕолору дьиэ кэргэҥҥэ иитэр тѳрѳппүттэр ассоциацияларын 10 сыллаах юбилейын бэлиэтээhин, ассоциация председателэ Сивцева Матрена Прокопьевна уонна Намнааҕы опека отделын кѳҕүлээhиннэринэн, Бѳтүҥ сэлиэнньэтин культуратын дьиэтигэр үрдүк таhымнаахтык буолан ааста. Киэргэтиллибит сцена, фото выставкалар, дьиэ кэргэттэр презентациялара туруоруллубуттара, толору, эгэлгэ астаах остуоллар тардыллыбыттара, киирээккин кытта куту сүрү үѳртэ, кэрэхсэттэ. Бырааhынньыкпыт үгүс ыалдьыттаах буолбута үѳртэ. «Дети Саха Азия Фонда» салайааччыта Ольга Михайловна Андросова, республика оҕо иитэр дьиэ кэргэннэрин ассоциациятын салайааччыта Надежда Афанасьевна Корякина, СР үлэ уонна социальнай кѳмүскэллээх буолуу министерствотыттан Ольга Ильинична Тимофеева, дьиэ кэргэн уонна ыччат олитикатын министерствотыттан Оливия Пановна Шилова, «Берегиня» оҕо реабилитационнай киинин үлэhиттэрэ, улуус баhылыгын солбуйааччы Инна Иннокентьевна Сивцева, улус опекатын үлэhиттэрэ, хас да атын улуустан тулаайах уонна кѳрүүтэ истиитэ суох оҕолору иитэр дьиэ кэргэттэр тѳрѳппүттэрэ, нэhилиэктэр баhылыктара уонна да атыттар күүтүүлээх күндү ыалдьыттар буоллулар.

Бѳтүҥ нэhилиэгин кулуубун коллектива туруорбут наhаа үчүгэй концердын кѳрдүбүт. Бэйэбит оҕолорбут эмиэ олус үчүгэй нүѳмэрдэри кѳрдѳрдүлэр. Иэйиилээх эҕэрдэ тыллары, бэлэхтэри тутан үѳрдүбүт кѳттүбүт.

Торжественнай чаас кэнниттэн үлэбит түмүгүн кэпсэтэр, сүбэ ама ылар, инники үлэбит былаанын торумнуур сыаллаах, «Дети Саха Азия Фонда» салайааччыта Ольга Михайловна Андросова, улуус баhылыгын солбуйааччы Инна Иннокентьевна Сивцева, республика оҕо иитэр дьиэ кэргэннэрин ассоциациятын салайааччыта Надежда Афанасьевна Корякина, хас да атын улуустан тулаайах уонна кѳрүүтэ истиитэ суох оҕолору иитэр дьиэ кэргэттэр тѳрѳппүттэрэ, улуустааҕы опека үлэhиттэрэ кыттыылаах тѳгүрүк остуол буолла. Элбэх кэпсэтии барда. Ольга Михайловна, Надежда Афанасьевна элбэх информация, сүбэ ама биэрдилэр.

Маннык түмсүү бастакыннан Нам улууhугар тэриллибитэ кэрэхсэбиллээх, туhалаах, кыттыhан, сомоҕолоhон, бииргэ буоларбыт күүстээх, кѳмѳлѳѳх, тылбыт ылыннарыылаах буолар, атын улуустар тѳрѳппүттэригэр холобур буолар диэн түмүктээтибит. Салайааччыбыт Матрена Прокопьевна күүстээх, айымньылаах, сыралаах үлэни ыыппытын тоhоҕолоон бэлиэтээтибит.

Киэhэ ѳттүгэр үҥкүү битии, түмүгэр улахан юбилейнай торду салайааччыбыт ытыс тыаhын ортотугар быhан,оҕолуун, улаханныын үллэстэн, астына амсайыы буолла.

Суруйдум Матвеева Клара Иннокентьевна

награды:

1978 г. Знак «Победитель соцсоревнования» ЦК ВЛКСМ
1992 г. Памятная медаль Союза женщин России за благородный труд в воспитании детей
1997 г. Знак высшей благодарности матери РС(Я) за большие заслуги в воспитании детей и укреплении семьи, значительный вклад в развитие экономики республики.
1998 г. Орден «святого Благоверного царевича Дмитрия, Московского и Угличского чудотворца» за дела милосердия, за особые заслуги в попечении о детях нуждающихся, сирых и больных от Патриарха Московского и всея Руси Алексия II.
1999 г. Отличник образования РС/Я
2001 г. Лауреат государственной премии имени А.Е. Кулаковского за высшие достижения в делах благотворительности, спасения и защиты детей
2003 г. Орден почета РФ за высокие достижения и многолетний, добросовестный труд
2005 г. Лауреат премии президента РФ в области образования за соавторство в создании научно-практической разработки «Внедрение инновационной социальной технологии «Семейный детский дом» («Детский дом семейного типа»)»
2012 г. Приемная семья Матвеевых лауреат международной премии «Международной ассоциации детских фондов» «Благородному родительству — благодарное детство».
2015 г. « Гражданская Доблесть» РС(Я)
2017 г. «Почетный гражданин Намского улуса»

Источник: газета «Саха сирэ»

Пожертвовать